15:18 «Бэргэн ытааччы Софрон Бушков төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах» быыстапка | |
Өйдүүбүт, киэн туттабыт, махтанабыт! Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дойду бары норуоттарын кытта бииргэ Саха сирин буойуннара, ол иһигэр биһиги оройуоммутуттан 2697 киһи кыттыыны ылбыта. Кыргыһыы толоонугар билиҥҥи дьоллоох олох туһугар 1145 буойун дойдуларыгар төннүбэтэхтэрэ. Биһиги умнуо суохтаахпыт олохторун толук ууран туран биһиги дьоллоох олохпут иһин турууласпыт ытык дьоммут дьоммутун. Кинилэр ситэри олорботох, бу дойдуга алаһа дьиэ тэриммэтэх, төрөппөтөх оҕолорун, үөрэх сырдык аартыгын тэлбэтэх, оонньоммотох оҕо саастарын сыаналыах, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсээн тиэрдэн иһэр ытык эбээһинэспитин умнуо суох тустаахпыт. Ньурбатааҕы Эбии Үөрэхтээһин киинэ Духуобунас киинин быыстапкалыыр саалатыгар «Бэргэн ытааччы Софрон Бушков төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах» быыстапка тэрийэн ыытта. Онно история учууталлара, музей түмэллэрин салайааччылара, бэтэрээннэр, эдэр ыччат лидердэрэ, аймахтара, куорат оскуолаларын үэрэнээччилэрэ уонна С. И Бушков кыыһа Розалия Софроновна , сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аймахтара, Ньурба улууһун баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччыта Ким Л. С, куорат дьаһалтатын баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччыта Алексеева О. И, Ньурбатааҕы КФРП оройуоннааҕы комитетыттан Семенов В. С, Семенов В.Г, куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иванов М.И, Култуура уонна Ыччат Департаменыттан ыччат отделын сэбиэдиссэйэ Черепанов М. Н, К.Д.Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын музейын үлэһиттэрэ Борисов Б.Б, Борисов В.Б уо.д.а кыттыыны ыллылар. Быыстапкаҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр снайпердар хамсааһыннарын тэрийсибит сэрии бэтэрээнэ, учуутал, салайааччы, Ньурба чулуу уола Бушков Софрон Иванович хорсун сырыыларын, эйэлээх олоххо үлэтин-хамнаһын, дьиэ кэргэнин туһунан көрдөрөр фотолар, араас докуменнар, хаһыат вырезкалара, суруктара, медаллара, турдулар. Софрон Иванович биир ый байыаннай дьыалаҕа үөрэнээт, 87 саха уолаттарын кытта Москва аннынааҕы кыргыһыыга кыттыбыта. Сытыы-хотуу эдэр байыаһы командование таба көрөн комсорунан, рота политругун солбуйааччытынан анаабыта. Кини нууччалыы билбэт биир дойдулаахтарыгар тылбаасчыт быһыытынан, сахалыы тылынан боевой листоктары таһаарыыга сэрии тохтобулларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Москва куораты өстөөххө биэрбэт туһугар улахан хаан тохтуулаах сэриигэ саха буойуна соҕотоҕун 30 ниэмэһи кытта бинтиэпкэнэн киирсэн хотуулаах тахсыбыта, сэрииттэн маҥнайгынан тыыннаах кэлбит саллаат буолбута дьоҥҥо эмиэ улахан эрэли үэскэппитэ. Кини бүгүн баара буоллар 100 сааһын туолуо этэ. Быыстапка аһыллыытыгар Бушков С.И олоҕун салҕааччылара хос сиэннэрэ Саргылаана, Артем, Элина Кыайыы туһунан хоһоон аахпыттара, Сардаана оройуоҥҥа ыытыллыбыт “История одной фотографии» диэн күрэххэ “Буорах сыттаах хаартыска» диэн үлэтинэн кыттыбытын мустубут дьоҥҥо кэпсээбиттэрэ эстафетаны салгыы туппут курдук өйдөбүлү биэрдэ. Быыстапка үс күн турда. Ньурба № 1, 2, Убайаан, Антоновка орто оскуолалара, Ньурбатааҕы техническай лицей, Ньурбатааҕы №3 оскуола үэрэнээччилэрэ Розалия Софроновна сүрдээх ылыннарыылаахтык киһи эрэ иһиттэр истэн олоруох курдук интириэһинэйдик кэпсээбитин олус сэҥээрэн иһиттилэр, боппуруос да биэрдилэр. Саха дьоно буоларбыт быһыытынан быыстапкабытын аһарга сиэри –туому тутуһан алҕаабыт төрүт культура учууталыгар, тойуксут, оһуохайдьыт Семенова Изабелла Егоровнаҕа уонна биһиги ыытар быыстапкаларбытын куруук өйүүр, дьиэтин –уотун тэрийэн-бэрийэн биэрэр Ыччат департаменын уонна политикатын управлениетын үлэһиттэригэр чуолаан Павлова Ирина Ивановнаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит. Улуу кыайыыны аҕалсыбыт хорсун сэрииһит, учуутал, салайааччы Бушков Софрон Иванович үтүөкэннээх олоҕо Ньурба олохтоохторугар ордук эдэр ыччакка үйэлэр тухары холобур буола туруоҕа уонна Софрон Ивановичка анаан аймаҕа Ньурбачаан олохтооҕо Петрова Мария Романовна айбыт хоһоонунан түмүктүүбүн.
Санаан – ахтан ааhыа5ыҥ Кэрэ мɵссүɵнүн, Киэҥ холку майгытын Саха саарынын Булгуруйбат санаалаах Коммунист Партия чилиэнин. Сүhүɵхпүтүгэр туран Сүдү киhибит Сырдык аатыгар сүгүрүйүɵ5үҥ! Быыстапкаҕа кэлэн эдэр ыччакка анаан эппит- тыыммыт, сүбэ-соргу биэрбит аҕа саастаах дьоннорбутугар ыллыктаах тылларгыт эдэр көлүөнэҕэ тиийдин, умнубакка саныы сырыттыннар диэн баҕа санаабын ыытабын.
Күн сирин үрдүгэр хаһан да буолбатын сэрии! Сэрии иэдээнин ким да билбэтин!
Давыдова В.Я, Ньурбатааҕы Эбии үөрэхтээһин киинин музейнай үлэҕэ методиһа.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |